Саха сиригэр аҥаардас алтынньы ый устатыгар бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһүүлэринэн сибээстээн, 20 холуобунай дьыаланы тэрийдилэр. Ол туһунан СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэр.
“Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи силиэстийэлиир управлениета аҥаардас алтынньы эрэ ыйга дуоһунастаах дьон эбээһинэстэрин толорботохторун түмүгэр, бэйдиэ сылдьар ыттар дьоҥҥо саба түһүүлэринэн 20 холуобунай дьыаланы көбүттэ”, – диэн иһитиннэриигэ суруллар.
Ол курдук, дьэллик ыттар дьоҥҥо Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Нерюнгрига, Өймөкөөҥҥө, Томпоҕо уонна да атын сирдэргэ саба түспүттэр.
Силиэстийэлиир кэмитиэт этэринэн, тустаах уорганнар хас биирдии түбэлтэ тоҕо, туохтан сылтаан тахсыбытын кыраҕатык үөрэтэ сылдьаллар. Онон, хас биирдии түгэҥҥэ миэрэ ылыллыахтаах.