Киир

Киир

“SHOT” телеграм-канал суруйарынан, Москуба уопсастыбанньыктара Култуура министиэристибэтигэр тахсан, ЛГБТ* хамсааһынын пропагандалыырын иһин, Александр Пушкин “Өлбүт сарыабына уонна сэттэ бухатыыр” остуоруйатын бобору туруорсубуттар.

“Кинилэр этэллэринэн, классик остуоруйаҕа суруйбут биир этиитэ ЛГБТ-ны* көҕүлүүр кистэлэҥ ис хоһоонноох үһү”, – диэн ханаалга суруйаллар.

Чопчулаатахха, ити “Бытыкпынан сүүрбүтэ, оттон айахпар киирбэтэҕэ” (“По усам текло, а в рот не попало”) диэн этиигэ сыһыаннаах.

Телеграм-канал албакаат Александр Добровинскайтан ити боппуруоһунан кэмэнтээрий ылбытын, сокуон бэрэстэбиитэлэ классиктары элбэхтик ааҕарга, туох туһунан этиллэрин үчүгэйдик өйдүүр туһугар, нуучча култуурунай кодун үөрэтэргэ сүбэлээбит.

*Арассыыйаҕа бобуулаах экстремистии тэрилтэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Өлбүт сарыабына уонна сэттэ бухатыыр” ойуулуктан (1951) каадыр.