Киир

Киир

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ уонна СӨ быыһыыр сулууспата сыл аайы дьыл баччатыгар “Мууска сэрэхтээх буолуҥ!” диэн ыҥырыы таһаарар үгэстээхтэр. Кырдьык, чараас мууска сатыы да, тиэхиньикэнэн да тахсан, киһи олоҕуттан матыан сөп. Онон, өссө төгүл мууска сэрэхтээх буолуу ирдэбиллэрин санатабыт.

Муус 10 см халыҥаабыт эрэ буоллаҕына сатыы киһини бигэтик уйар буолар. Ол да буоллар, ити кэмҥэ өрүс, үрэх төрдүлэрэ, сүүрүктээх, оттоох-мастаах, хомустаах сирдэр өссө да кутталы үөскэтиэхтэрин сөп. Ити түөлбэлэргэ муус турар күөллэртэн быдан чараас буолар. Үчүгэйдик тоҥмут, киһини уйар буолбут муус толбоннуран көстөр күөх өҥнөнөр. Муус иһигэр салгыннаах эбэтэр харааран, саһарымтыйар көстөр буоллаҕына, мууска тахсартан туттуммут ордук.

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ “Куттала суох муус халыҥа” диэн көрдөрөр ыйынньыктаах. Онтон көстөрүнэн, биир сиргэ турбат, олорбот буоллаҕына, сатыы киһи муус 7 см халыҥаатаҕына мууска тахсыан сөп.

Кыһынын ойбоҥҥо балыктыыр дьоҥҥо муус куттала суох халыҥа – 10 см.

Бурааннаах уонна онуоха ханыылыы көлөлөөх дьон муус устун 12 см халыҥаатаҕына айанныахтарын сөп. Дьоҕус уйуктаах массыыналар – 20-30 см буоллаҕына. Улахан тиэхиньикэ, ол иһигэр пикаптар, джиптэр – 30-38 см буоллаҕына.

Бэй.кэр.
Хаартыска: МЧС.