Таатта улууһун борокуратуурата «Халыма» ФАД Р-504 суолугар тахсыбыт саахалга административнай дьыала көбүттэ. Ол курдук, 2024 сыл алтынньытыгар УАЗ массыына Уус Таттаттан Ытык Күөлгэ айаннаан иһэн түҥнэстибит. Ол түмүгэр пассажирдар эчэйбиттэр.
Гоставтоинспекция үлэһиттэрэ бэрэбиэркэ ыытан федеральнай суолу көрүү-истии куһаҕаннык барбытын, суол элбэх алдьаныылааҕын быһаарбыттар. Онон, улуус борокуратуурата «Таттаавтодор» АУо генеральнай дириэктэригэр административнай быраабы кэһии туһунан дьыала көбүттэ уонна ыстараап анаата. Уураах күүһүгэр киирэ илик.
Сонун төрдө: СӨ Борокуратуурата