Бүлүү киин балыыһатын сүрүн бырааһын аадырыһыгар ыраах Кытай сириттэн дьикти сурук кэллэ. Сонуну улуус «Олох суола» аан ситимэ сырдатта.
Цзямусы куорат норуодунай бырабыыталыстыбатын мээрэ, тойон Ван Те балыыһа үлэһиттэригэр, чуолаан, Бүлүүтээҕи төрүүр дьиэ акушерката Сахалина Копыленкоҕа, дириҥ ытыктабылын уонна махталын биллэрбит. Ол курдук, Дьокуускай – Хабаровскай эриэйсэ кэмигэр бэс ыйын 21 күнүгэр Кытай киһитэ улаханнык ыалдьыбыт, тыын былдьаһар турукка киирбит. Онуоха, Сахалина Николаевна, тута үрдүк таһымнаах суһал көмөнү оҥорон, пассажир олоҕун быыһаабыт.
Мээр Ван Те суругун бүтүүтүгэр Бүлүү быраастарын Цзямусы куоракка уопут атастаһа кэлэллэригэр ыҥырбыт. Онон, кэлэктиип, ыҥырыыны ылынан, Кытай мэдиссиинэтин үтүө өрүттэрин билсэ барыа диэн эрэниэҕиҥ.
Сахалина Копыленко киин балыыһа төрүүр салаатыгар 2016 сылтан үлэлиир. Кэлэктиип кинини үтүө суобастаах үлэһит, көхтөөх уопсастыбанньык уонна амарах сүрэхтээх киһи быһыытынан сыаналыыр уонна киэн туттар.
Сонун төрдө: «Олох суола»