Өктөм уонна Чапаево сэлиэнньэлэргэ бэрэсидьиэн тосхолунан аныга почта салаата аһылынна. Аны 3000 кэриҥэ киһи почта өҥөтүнэн табыгастаах усулуобуйаҕа туһаныаҕа.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ инновацияҕа, сыыппара уонна инфокоммуникационнай технология сайдыытыгар миниистирин бастакы солбуйааччы Алексей Копытов, Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Василий Андреев, Федеральнай почта сулууспатын Саха сиринээҕи управлениетын дириэктэрэ Пётр Птицын кытыннылар.
Почта салаата биэс күн үлэлиир. Инникитин килийиэннэргэ анаан көмпүүтэр туруоруохтара. Оччоҕуна ким баҕарар судаарыстыбаннай өҥөлөрү онлайн туһанар, бырааска суруйтарар эбэтэр докумуон бэчээттээн таһаарар кыахтаныа. Билигин олохтоохтор, уруккуттан баар өҥөлөрү туһаналларын таһынан, «Доруобуйа муннугар» баар тэриллэринэн хаан баттааһынын, хааҥҥа кислород тиийиитин, эт-сиин температуратын бэрэбиэркэлэниэхтэрин сөп.
Өрөмүөннэммит дьиэ иэнэ – 87 кв. м. Дьиэ саҥа муосталанна, үрүттэннэ, пластик түннүктэннэ, миэбэлинэн уонна витриналарынан толору хааччылынна. Уоту, ууну, сылааһы биэрэр, салгылатар ситими барытын уларыттылар. Киириигэ пандус оҥордулар, кыаммат дьоҥҥо анаан үлэһити ыҥырар кунуопка туруордулар.
Ити курдук Арассыыйа Почтата тыа сиригэр баар салаалары утум-ситим саҥардар. Быйыл Нам улууһун Кириэс-Кытыл уонна Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэлэригэр түргэнник хомуллар конструкциялартан аныгы почта салааларын тутан арыйыахтара.
Сонун төрдө: Арассыыйа Почтата