Киир

Киир

«Ситим» медиа бөлөх, «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтэ саха дьахталларыттан бастакы идэтийбит суруналыыс, «Кыым» хаһыаты тилиннэрбит өҥөлөөх айар тыл маастара Федора Петровна Егорова төрөөбүтэ 90 сылыгар анаан сахалыы суруйар суруналыыстарга биллэрбит аһаҕас күрэхтэрэ түмүктэннэ.

Күрэх соругун санатар буоллахха, Ф.П. Егорова аатын үйэтитии, саха тылын айар кутун, баайын, кэрэтин туттуллар эйгэтин кэҥэтии уонна сахалыы суруйар суруналыыстар иитэр-үөрэтэр суолталаах, дьону-сэргэни чөл олоххо, айымньылаах үлэҕэ көҕүлүүр суруйууларын, бар дьон сытыы кыһалҕатын хорсуннук арыйалларын, туруорсалларын өйөөһүн диэн этэ.

Күрэххэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус бэчээтигэр, куйаар ситимҥэ үөрэх, култуура тиэмэлэригэр сахалыы тахсыбыт үлэлэр көрүллэллэр диэн ирдэбил турбута. Онуоха барыта 23 киһи кытынна – суруналыыстар, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэ үлэһиттэрэ, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр. Кыттааччылар географиялара киэҥ: Горнайтан, Тааттаттан, Хаҥаластан саҕалаан Муомаҕа, Томпоҕо, Орто Халымаҕа тиийэ.

Дьүүллүүр сүбэни «Ситим» медиа бөлөх генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Владимир Николаевич Степанов салайда.

Сүбэҕэ киирэн үлэлээтилэр:

Герасимова Нина Моисеевна – «Кыым» хаһыат суруналыыһа;

Гуринов Афанасий Гаврильевич-Арчылан – «Күрүлгэн» уус-уран сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ;

Иринцеева Евдокия Семёновна-Огдо – Арассыыйа Суруналыыстарын уонна Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ;

Терехова Лидия Терентьевна – СӨ үтүөлээх учуутала, Ф.П. Егорова аймаҕа;

Тумусов Федот Семёнович – Арассыыйа Госдуматын дьокутаата.

Дьүүллүүр сүбэ таһаарбыт түмүгүнэн маннык анал ааттар олохтонон кыайыылаахтар бигэргэннилэр:

«Үйэлээх кыым» – «Кыым» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Диана Клепандина, 20 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Өркөн кыым» – «Киин куорат» 1-кы категориялаах эрэдээктэрэ Айыына Ксенофонтова, 20 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Мындыр кыым» – «Эркээйи» хаһыат эрэдээктэрэ Алёна Докторова (Мэҥэ Хаҥалас), 20 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Өспөт кыым» – уопсастыбыннай кэрэспэдьиэн («Халыма долгуннара», «Туймаада», «Кыым») Иннокентий Оконешников, 20 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Сырдык кыым» – СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһитэ, «Блоги Якутии», «Ил Түмэн» хаһыакка суруйар Анисия Иевлева, 20 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Төрүт кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Дабаан», «Саха сирэ»), уһуйаан иитээччитэ Татьяна Максимова-Лазарева (Кэбээйи), 15 тыһ. солк. бириэмийэ;

«Көх кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Халыма долгуннара», «Кэскил»), учуутал Изабелла Ноговицына (Орто Халыма), 5 тыһ. солк. бириэмийэ, эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта үлэтин иһин;

«Айар кыым» – уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн («Үлэ күүһэ, «Арчы-Забота») Александр Тарасов (Горнай), Федора Егороваҕа анабыл хоһоонун иһин анал биһирэбил.

Күрэҕи үбүлээбит, бириэмийэ пуондатын хааччыйбыт Федора Петровна Егорова аймахтарыгар, Кэбээйи улууһун II-c Лүүчүн нэһилиэгин дьаһалтатыгар, Госдума дьокутаата Федот Семёнович Тумусовка улахан махталбытын тиэрдэбит.

Тэрийэр сүбэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар