Киир

Киир

Арассыыйаҕа сөбө суох (нежелательный) үлэлээх тас дойду тэрилтэтигэр кыттыһыы иһин накаастабыл киирбитин истибиккит буолуо. Госдума от ыйыгар ылыммыт саҥа сокуонун СӨ ИДьМ хабан ылан уталыппакка үлэлэтэн эрэр. Бастакы сиэртибэлэр – элбэх ааҕааччылаах суруналыыстар.  

Ол курдук, ТайгаПост аан ситим эрэдээктэрэ Айталина Никифорова 2021 сыл ыам ыйын 26 күнүгэр чааһынай телеграм-ханаалыгар оччолорго туох да хааччаҕа суох тас дойду медиатын Ковид ыарыыттан вакцинаны булгуччулаах туруоруу Саха сиригэр бастакынан киирбитин туһунан матырыйаалын үллэстиитин СӨ ИДьМ Экистирэмиисими сэрэтэр киинэ бу сыл алтынньы ыйыгар булан ылбыт. Салгыы уорган үлэһиттэрэ ити «былыт саппыт» былыргы сигэниитин «дойду төрүт сокуонун тутулун, көмүскэнэр кыаҕын эбэтэр судаарыстыбаҕа куттал суох буолуутун ыһар кыахтаах» тэрилтэҕэ кыттыһыы диэн быһааран КоАП 20.33 ыстатыйатынан дьыала тэрийэн суут көрүүтүгэр тиэрдибит. Онон, эрэдээктэр бу күннэргэ Дьокуускай куорат суутун ыскаамыйатыгар эппиэттээччи быһыытынан олоруохтаах. Манна даҕатан, суруналыыс ииппит уола АБДь кытта сылдьара, судаарыстыбаннай наҕараадалааҕа болҕомтоҕо ылыллыбатаҕын тоһоҕолуубут. 

Бэлиэтээн эттэххэ, билигин Арассыыйаҕа сөбө суох үлэлээҕинэн билиниллибит 180 кэриҥэ тэрилтэ испииһэгэ баар. Бу сыыппара эбиллэ турар. Тоҕо диэтэххэ, бүгүн куттала суох тэрилтэ, сарсын кутталлаах ахсааныгар киириэн сөп. Сүрүн киритиэрий – тэрилтэ тас дойдуттан тэриллиитэ уонна үбүлэниитэ. Дьиҥэр, дьокутааттар саҥа сокуону ылыналларыгар дьыала тэриллиэн, ыстараап олохтонуон иннинэ маҥнай сэрэтии бэриллэрин мэктиэлээбиттэрэ. Ону баара, кими баҕарар хаһан баҕарар сэрэтиитэ суох дьыалаҕа тардыахтарын сөптөөҕө көстөн кэллэ. 

Арассыыйаҕа сөбө суох үлэлээх тэрилтэҕэ сигэнии, үлэтигэр кыттыһыы, үбүлээһин иһин биирдиилээн дьону – 15 тыһ., дуоһунастаахтары — 50 тыһ., тэрилтэлэри — 100 тыһ. солкуобайга тиийэ ыстараап күүтэр. Оттон сокуону хаттаан кэһии иһин 300-500 тыһ.солк. тиийэ ыстараап, 360 чааска диэри күһэлэҥ үлэ эбэтэр 4 сылга диэри хаайыы көрүллэр.

Бэйэ кэр.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар