Киир

Киир

Нордголд уонна СӨ Айан-көлө уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ Дьокуускай–Өлүөхүмэ–Чаара хайысханан көтөр эриэйсэ туһунан кэпсэттилэр.

Нордголд хампаанньа уонна СӨ Айан-көлө уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ “Дьокуускай–Өлүөхүмэ–Чаара хайысханан пассажирдар көтөр авиа-эриэйсэлэрин сатаан тэрийиэххэ сөп дуо?” диэн кэпсэттилэр. Маннык морсуруут тэриллэрэ буоллар, Саха сирин олохтоохторун Нордголд хайа баайдаах тэрилтэлэригэр үлэ миэстэтинэн хааччыйарга көмөлөһүө этэ. Билигин кинилэр баахта үлэтигэр пуойаһынан Нерюнгри эрэ өттүттэн айаннаан кэлэр кыахтаахтар – ол олус уһун уонна сылаалаах.

СӨ Айан-көлө уонна суол-иис ха­һаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев көрсүһүүгэ бу морсуруут хампаанньаҕа үлэһити хааччыйыыны, тиһигэ быстыбакка оҥоһулларын ситиһэр инниттэн дириҥник үөрэ­тиллэрэ наадатын ыйда.

WhatsApp Image 2024 11 11 at 17.29.45 2

Кэнники кэмҥэ Нордголд хампаанньа Саха сиринээҕи үлэ ырыынагар биллэрдик кыттан эрэрэ көстөр. Алтынньыга Дьокуускай куорат Дьарыктаах буолуутун киинин көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар Үлэ биэрээччи күнүн ыыппыттара. Билигин СӨ Дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэтин уонна СӨ Үөрэҕин уонна билимин министиэристибэтин кытта Саха сирин олохтоохторун үлэҕэ ылыыны кэҥэтии, исписэлиистэри бэлэмнииргэ кыттыгас үөрэх бырагыраамаларын туһунан кэпсэтии барар.

“Биһиги хампаанньа тэрилтэлэригэр олохтоох каадыры ыларга дьулуһабыт. Ол эрээри Өлүөхүмэ куоратын кытта сибээстиир суол-иис, сырыы суоҕа оройуон бэйэтин уонна Саха сирин атын да улуустарын олохтоохторун үлэнэн хааччыйары мэһэйдиир. Өлүөхүмэ–Чаара авиа-сырыы баара буоллар, дьоҥҥо хас да хонук айаннаан кэлэллэрин оннугар табыгастаах буолуо этэ. Онон биһиги кэллиэгэлэрбитин кытта бу соругу толоруохпут, кыһалҕаны быһаарыахпыт”, – диэтэ Нордголд Гросс кластер толорооччу дириэктэрэ Рамазан Насрулаев.

Нордголд хампаанньа Гросс кластера икки бэлэм уонна биир тутулла турар рудниктаах – Гросс, Таборнай уонна Токко. Саха сирин Өлүөхүмэ соҕуруу өттүгэр хампаанньа барыта 2300 үлэ миэстэтин хааччыйар. Ол тухары хампаанньа тэрилтэлэрин уонна оройуон нэһилиэнньэлээх пууннарын, административнай киини – Өлүөхүмэ куоратын – Тээнэ нэһилиэгин кытта сибээстиир суол-иис, сырыы диэн суох. Онон дьон баахтаҕа Байкал-Амур магистралынан, “Икабья” ыстаансыйанан эргийэн эбэтэр Читаттан, Иркутскайтан, Красноярскайтан көтөн кэлэр авиа-эриэйсэлээх Чаара аэропордунан кэлэр.

WhatsApp Image 2024 11 11 at 17.29.45 1

Онон Саха сирин уонна Чаара авиапорт икки ардыгар авиа-сырыы олохтоноро аныгы хайа баайдаах тэрилтэлэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үлэнэн хааччыллыыларын кэҥэтиэ уонна эрэгийиэн социальнай-экэнэимиичэскэй сайдыытын көҕүлүө этэ.

Нордголд хампаанньа пресс-сулууспата.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар