Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин уонна Арктика сыллааҕыта 2%-наах ипотекаларын бырагырааматын 2030 сылга диэри уһатарга соруйда. Ол туһунан Экэниэмикэ илиҥҥи сугулааныгар (ВЭФ) этиллибит.

Уһук Илин чэпчэтиилээх ипотекатын эдэр ыаллар (35-гэр диэри саастаах ыал буолуохтаахтар), учууталлар, быраастар уонна кэккэ судаарыстыбаннай бырагыраамалар кыттыылаахтара ылыахтарын сөп.

Быйыл өтөрдөөҕүтэ СӨ Тутууга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, күн бүгүн Саха сиригэр дьон баҕатыгар эппиэттиир элбэх дьиэ-уот тутуллар. Ол гынан баран, бааннар ипотеканан атыылаһыллар дьиэ бастакы төлөбүрүн 50% гыныахтарыттан, дьон атыылаһар баҕата ханнар кутталлаах.

2024 сыл бастакы кыбаарталын түмүгүнэн, Саха сиригэр “бастакы ырыынакка” дьиэ 1 кв. м. сыаната ортотунан 151,6 тыһыынча солк. буолан турар. Оттон дьон ортотунан 180 тыһыынча солкуобайга атыылыыр.

Бэй.кэр.
Хаартыска: 1sn.ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар