Киир

Киир

Саха сиригэр хоруона вируһугар сыстан ыалдьыбыт киһи ахсаана күн-түүн элбии турар. Ити туһунан вируһу утары охсуһар федеральнай суһал ыстаап иһитиннэрэр.

Ол курдук, аҥаардас ааспыт нэдиэлэ иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ хоруона вируһугар 240 киһи сутуллубут (алтынньы бүтэһик нэдиэлэтигэр 136 киһи этэ). Сэтинньи 4 күнүттэн 10 күнүгэр диэри 28 киһи ыалдьан балыыһаҕа киирбит, 161 киһи ити кэм иһигэр үтүөрбүт.

Бэрт соторутааҕыта Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ иһигэр “көтө сылдьар” вирустартан саамай элбэх ахсааннаахтара хоруона вируһа буолар.

Оттон дойду үрдүнэн ааспыт нэдиэлэҕэ хоруонанан ыалдьыбыт дьон ахсаана 16%-нан, балыыһаҕа киирээччи – 22%-нан аҕыйаабыт.

Онон, хоруона вируһа ханна да бара илик, өссө да баар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Мария Васильева/СИА

Бүтэһик сонуннар