Киир

Киир

Сэтинньи 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха-кэриэй оскуолата тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтээтилэр. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ киин куорат баһылыга Евгений Григорьев кытынна. Кини оскуола үлэһиттэригэр дьаһалта аатыттан махтал суруктары уонна бочуоттаах грамоталары туттарда.


WhatsApp Image 2024 11 15 at 17 5

WhatsApp Image 2024 11 15 at 17

Саха-кэриэй оскуолата 1994 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр сэттэ кылааһы арыйбыта. Оччолорго 148 оҕону ылбыт буоллахтарына, билигин 486 оҕо үөрэнэр. Үөрэх кыһата Ханкук университетын уонна Ынханг орто оскуолатын кытта шефтэһэр. Ол курдук, Кэриэйэҕэ култуура-үөрэх стажировкатын тосхоло 1995 сылтан үлэлиир. Ити тосхолунан 200 тахса бастыҥ үөрэнээччи стажировкаланан кэлбитэ.

WhatsApp Image 2024 11 15 at 17 6 1

WhatsApp Image 2024 11 15 at 17 4

Саха-кэриэй оскуолата М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Тас дойду филологиятын уонна регионнарын үөрэтэр институтун (ИЗФИР) Илиҥҥи салаатын устудьуоннарын педагогикалыы быраактыкаларын тэрийэр. Маннык сөбүлэһии 2003 сылтан баар. Эмиэ ити сылтан оскуолаҕа Кэриэйэ култууратын-үөрэҕин киинэ үлэлиир.

WhatsApp Image 2024 11 15 at 17 2

Сонун төрдө: Дьокуускай к. уокуруктааҕы дьаһалтата

Бүтэһик сонуннар