Бу сыл саҕаланыаҕыттан Саха сирин олохтоохторо түөкүттэргэ 1 миллиард кэриҥэ солкуобайы уордарбыттар. Түөкүннээһин ахсаана 9,5%-нан эбиллибит. Дьон, сүрүннээн, уурунуу харчыларын буолбакка, угаайыга киирэн, кирэдьиит ыла-ыла, харчыларын уордараллар эбит.
Борокуратуура суруйарынан, түөкүннээһин ахсаана ордук Мииринэйгэ, Булуҥҥа, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Хаҥаласка, Ньурбаҕа, Томпоҕо уонна Чурапчыга эбиллибит.
“Кибер-саба түһүүлэр уһук улуустарга кытта тиийэр буоллулар. Холобур, өтөрдөөҕүтэ түөкүттэр Тиксии олохтооҕо дьахтары өйүн сүүйэн, ол дьахтар Дьокуускай көтөн кэлэн кирэдьиит бөҕөнү ылан баран, харчытыттан ытыс соттунна. Дойдуга IT эйгэтигэр буруйу оҥоруу 39%-ҥа тэҥнэстэ. Саха сиригэр ити чааһыгар балаһыанньа ама курдук. Манна кибер-буруйу оҥоруу 33%-ҥа тэҥнэһэн турар. Түөкүннээһин ахсаана улахан куораттарга да, улуустарга да эбиллэр, чуолаан Дьокуускайга”, – диэн СӨ борокуруорун бастакы солбуйааччыта, СӨ борокуратууратын юстицияҕа аҕа сүбэһитэ Сергей Губин иһитиннэрэр.
Саха сиригэр түөкүттэр албыннарыгар ордук 30 – 49 саастаах дьон киирэн биэрэллэр эбит. Ити – албыннаппыт дьон 37%-на. 21% – 60-тан аҕа, 14% – 18 – 24, 14% – 25 – 29 саастаахтар. Оттон 50 – 54 саастаах дьон – 7%, 55 – 59 саастаахтар – 7%.