Киир

Киир

Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 3 196 дьэллик ыты тутан, приюттарга уонна быстах кэмҥэ тутар пууннарга хаайбыттар. Ол туһунан сэтинньи 18 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ бэтэринээрийэтэ кэпсээтэ.

Саамай элбэх ыты Дьокуускайга туппуттар – 1 832. Ити кэннэ Нерюнгрига – 353, Намҥа – 111, Хаҥаласка – 175, Анаабырга – 126 уонна Мииринэйгэ – 70.

Сокуону-быраабыланы кэспит ыттаах дьоҥҥо СӨ КоАП 5.4 ыстатыйатынан уопсайа 593 административнай дьыаланы көбүппүттэр. Киһи уонна кыыл-сүөл доруобуйатыгар хоромньунуну таһаарбыт ыттаах дьоҥҥо 653 тыһыынча солкуобайдаах 568, ону таһынан, РФ КоАП 8.52 ыстатыйатын 3 чааһынан барыта 420 тыһыынча ыстарааптаах 42 урааҕы таһаарбыттар.

Санаттахха, СӨ бырабыыталыстыбатын 237 №-дээх уурааҕынан, дьиэ кыылын иитии быраабылатын кэспит дьон СӨ КоАП 5.4 ыстатыйатынан эппиэккэ тардыллаллар.

Үөһэ ахтыллыбыт ыстатыйа чэрчитинэн быраабыланы бастакытын кэстэххэ 1000 – 3000 солк., оттон иккиһин кэстэххэ – 3000 – 5000 солк. тиийэ ыстарааптаныахха сөп. Өскөтүн кыыл киһи доруобуйатыгар эбэтэр олоҕор эбэтэр бас билэр баайыгар кутталы үөскэттэҕинэ уонна ол дьайыы холуобунай дэгэтэ суох буоллаҕына, РФ КоАП 8.52 ыст. 3 ч. 10 000 – 30 000 солк. ыстараап суруллар.

Эбэн эттэххэ, ити тутуллубут 3000 кэриҥэ ыттан хаһын "төрүт айылҕатыгар" төттөрү ыыппыттара суруллубат.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Сергей Шахиджанян / «Коммерсантъ»

Бүтэһик сонуннар