Киир

Киир

Сэтинньи 21 күнүгэр “Кыым” хаһыат 46-с №-рэ таҕыста. Манна өрөспүүбүлүкэ уонна аан дойду сонуннарыттан, саха сүөһүтүттэн саҕалаан “Сыыппара алмааһа” сугулааҥҥа, “Ыраас Арктика” бырайыакка, имэҥҥэ-дьылҕаҕа, абааһыга-успуорка тиийэ араас матырыйаалы ааҕыахха сөп. Ол иһигэр...
 
 
Сайдыы
 
39250be5bf702ac9b95ebe50e9e96ee6
 
 
2018 с. Кытай тэлэбиидэнньэтигэр аан бастаан “Сонуннары” ИИ (искусственный интеллект) көмөтүнэн айыллыбыт диктор ыыппыта.
 
“Саха” НКИХ үлэһиттэрэ бу хайысхаҕа эмиэ улахан ситиһиилээхтэр, үлэ тиһигин быспакка тигинэччи барар. Онон, аны аҕыйах сылынан “Саха” НКИХ тэлэбиидэнньэтин биэриилэрин ИИ көмөтүнэн айыллыбыт, норуокка судургутук этиллэринии, “роботтар” сахалыы-нууччалыы тылынан ыытар буолуохтара. 
 
Боотур
 
Улуус.Медиа хаартыската
 
Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр ММА маастара, илиинэн хапсыһыы араас көрүҥнэригэр аан дойдуга чөмпүйүөннээбит, аатырбыт Джефф Монсон кэлэн барда.
 
Джефф Монсон: “Сахалар аһара интэриэһинэй, ураты оҥоһуулаах дьон эбиккит... Аһара бэркэ тэринэн-дьаһанан, айары айан, тутары тутан олороҕут... Саха сирин духуобунай култуурата үрдүк чыпчаалга сылдьар...”  
 
 
Сонор
 
1697813374 flomaster top p zhivotnie zhivushchie v smeshannikh lesakh 11
 
Саха сирин улуустарыгар төһө ахсааннаах бултанар кыыл, мас көтөрө баарый? Холобур быһыытынан, киин улуустарга  16,9 тыһ. – тайах; 6,2 тыһ. – кулааһай; 4,6 тыһ. – кыыл таба; 36,9 тыһ. – туртас; 4,4 тыһ. – бүүчээн; 14,8 тыһ. – саһыл; 407 – бөрө, 14,8 тыһ. улар баар эбит.
Эһэ, бөрө курдук адьырҕа кыыллар сылга төһө сылгыны-сүөһүнү тардалларый? Ол туһунан “Кыым” “Сонор” рубрикатыгар ааҕыаххытын сөп.
 
Бэй.кэр.
Хаартыска: интэриниэт аһаҕас ситимиттэн, "Улуус-Медиа".

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар