Быйыл Саха сиригэр Ойуур хаһаайыстыбата төрүттэммитэ – 85 уонна ойууру баһаартан харыстыыр “Авиалесоохрана” төрүттэммитэ 80 сыла бэлиэтэнэр. Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын 2-с №-дээх дьиэтигэр Саха сиринээҕи “Авиалесоохрана” тэриллибитэ 80 сылыгар аналлаах дьоро тэрээһин буолла.
Сирбит-уоппут 80 %-нын ылар ойуур – өрөспүүбүлүкэбит киэн туттуута, бары уопсай дьиэбит-уоппут. Онон ойууру харыстыыр туһугар баһаары бохсор үлэни ыытыы, тэрийии суолтата сүҥкэн. 80 сыл устата тэрээһиннээхтик үлэлээн кэлбит, билигин Владимир Леонов салайар кэлэктиибин бү күн сенатор Сахамин Афанасьев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, СӨ Экология уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирэ Евгений Перфильев уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр.
Биһиги үөрүүлээх тэрээһин кэмигэр “Авиалесоохрана” үлэһиттэрин кытта кэпсэттибит:
Виктор Баишев, Покровскайдааҕы авиотделение ыстаарсай летчик-наблюдателэ:
- “Авиалесоохранаҕа” 1998 с. үлэлиибин. Онон бу тэрилтэҕэ сүүрбэ сэттэ сыл үлэлээн кэллим. 2007 с. биһиги тэрилтэбитин федеральнайтан өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр көһөрөннөр улахан уларыйыылар саҕаламмыттара. Оччолорго миэхэ сэттэ киһилээҕим, олортон биирдэстэрэ суоппар этэ. Быйыл 2024 сыллааҕы сезону 51 үлэһиттээх түмүктээн эрэбит.
Үлэһиттэрбит саастара араас-араас, 25, 26-ттан 37 саастарыгар диэри дьону ыла сатыыбыт.
Быйылгы сезон Покровскайдааҕы авиаотделениеҕа “штатнай” эрэсииминэн ааста, 10 сиргэ уот турбута бэлиэтэммитэ. Ону этэҥҥэ умуоруоран, сыалбытын-сорукпутун толордубут. Атын улуустарга баар кэллиэгэлэрбитигэр көмөлөһөн Өлүөхүмэҕэ, Бүлүүгэ, Сунтаарга, Уус Майдаҕа, Аммаҕа, Алдаҥҥа, Белай Гораҕа үлэлээтибит. Тус бэйэм Хаандыга уонна Бэрдьигэстээх сирдэригэр турбут баһаарга сылдьыбытым.
Бу бэлиэ күнүнэн биир идэлээхтэрбэр, кэллиэгэлэрбэр саамай сүрүнэ доруобуйаны баҕарыам этэ. Биһиги үлэбитигэр кытаанах доруобуйалаах, тулуурдаах буолуу саамай наада.
Иннокентий Дордин, Томтордооҕу авиаотделение летчик-наблюдателэ:
- Мин үлэлээбитим төрдүс сылыгар барда. Бастакы сылбар баһаарынай десантник этим. Онтон летчик-наблюдательга үөрэнэн, үөһэнэн көтө сылдьан кэтээн көрөбүт, уоту булабыт уонна ону түргэнник бохсорго үлэлиибит. Үлэбит алларааҥҥы сулууспалары кытта ыкса ситимнээх, уот турбут сирин ыйан-кэрдэн, салайан биэрэбит. Томтордооҕу отделениеҕа билигин начаалынньыкпыт, 12 парашютист, 1 суоппар, 1 баһаарынай десантник уонна мин баарбыт. Десантниктар өссө эбиллиэхтэрэ.
Быйыл Томпоҕо элбэх уот турда, онон онно сырыттыбыт. Уонна Өймөкөөн Томторугар уоту умуруорууга көмөлөстүбүт.
Өрөспүүбүлүкэ “Авиалесоохранатын” үлэһиттэрэ бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит. Холобур уопуттаах ыстаарсай летчик-наблюдателлэртэн сүбэ-ама ылабыт. Бу тэрилтэҕэ хорсун санаалаах, туохтан да чаҕыйбат, хорсун дьон үлэлииллэр.
Бэйэм түргэн-тарҕан туттуу эрэйиллэр, эппиэтинэстээх үлэни сөбүлүүбүн, онон урут-уруккуттан баҕарар идэбэр кэлбитим диэхпин сөп. Бэлиэтээн эттэххэ, Хаандыгаҕа үс сыллааҕыта саҥа авиотделение аһыллыбыта. Мин онно начаалынньыгым кэннэ тута үлэҕэ киирбитим.
Дмитрий Миронов, Амматааҕы авиотделение летчик-наблюдателэ:
- “Авиалесоохранаҕа” үлэлээбитим номнуо үһүс сыла буолла. Аан бастаан Амматааҕы авиаотделениеҕа баһаарынай десантнигынан киирбитим. Бастакы сылбын үлэлээн баран, “айылҕаҕа үтүөнү оҥорор үчүгэй сыаллаах-соруктаах дьыала эбит” диэн сөбүлээбитим. Сахалар бары да айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Онтон “летнабка үөрэнэҕин дуо?” диэн этии киирбитигэр, дьоммун кытта сүбэлэһэн баран үөрэнэ барбытым. Тоҕус буолан аҕыс ый устата үөрэнэн, билэн-көрөн кэлбиппит. Ол курдук үһүс сылбын үлэлии сылдьабын, иккис сылбын Өлүөхүмэтээҕи отделениеҕа командировкаҕа сырыттым. Итинник улахан баһаардарга үлэлээн киһи дьону кытта үлэҕэ элбэх билиини сомсор, уопутурар. Биллэн турар, киһи элбэхтик буһан-хатан, аҕа саастаах кэллиэгэлэртэн билии ылан үөрэнэр эбит. Мин ыстаарсай летчик-наблюдателым Николай Захаровтан көрөн дьону салайыыга, үлэҕэ-хамнаска элбэхтик үөрэнним, итини сэргэ Өлүөхүмэтээҕи авиаотделениеттан Вадим Вадимовичка эмиэ махтаныахпын баҕарабын.
Сылын аайы, уоттан сэрэхтээх буолуу сезонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн, бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Быйылгы сезоҥҥа үлэ-хамнас этэҥҥэ ааста. Улахан махталбын Дьокуускайдааҕы авиаотделениеҕа тиэрдиэхпин баҕарабын, манна идэлэригэр бэриниилээх дьон ис сүрэхтэриттэн үлэлииллэр. Ону тэҥэ атын кыраайдартан кэлэн көмөлөһөр кэллиэгэлэрбитигэр махтал, киһи эрэ барыта уоту кытта “охсуспат”. Үлэҕэ-хамнаска сыстаҕас, тулуурдаах дьон хаалаллар эбит.
Кэллиэгэлэрбэр ыраас халлааны баҕарыам этэ. Бэйэҕитигэр эрэлгитин сүтэримэҥ, төлөннөөх сүрэххит сылааһынан чугас дьоҥҥутун харыстааҥ уонна эйэ дэмнээхтик үлэлиэҕиҥ.
Иннокентий Андросов, СӨ Быыһыыр сулууспатын начаалынньыга:
- Кэлиҥҥи биэс сылга “Авиалесоохрана” Саха сиринээҕи салаатын кытта биһиги ыкса үлэлиибит. Ойуур баһаарын умуруорууга бары бииргэ хамсанабыт. “Авиалесохрана” үлэһиттэрэ исписэлиис быһыытынан, оттон биһиги, бастатан туран, дьон олорор сиригэр уот чугаһаатаҕына, ландшафт баһаардарыгар уонна көмө быһыытынан ыҥырдахтарына ойуур баһаардарыгар үлэлиибит. Инньэ гынан, бу тэрилтэ дьонун-сэргэтин кытта билсэн, дьиҥнээхтии дьыалаларыгар бэриниилээх дьон үлэлииллэр диэн тус бэйэм итэҕэйбитим, үлэҕэ-хамнаска даҕаны көрбүтүм.
Кэлиҥҥи сылларга СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дархаммыт Айсен Николаев көмөтүнэн үп-харчы көрүллэн “Авиалесоохрана” сайынна, кэҥээтэ. Кырдьык, кэлиҥҥи сылларга ойуур баһаарын умуруоруубут сүрдээх тэрээһиннээх буолла. Манна биһиги тэрилтэбит, СӨ Быыһыыр сулууспата, Судаарыстыбаннай баһаары утары тэрилтэ, “Якутлесресурс” – бары бииргэ саба түһэн үлэлиибит. Биллэн турар, ити барыта биирдэ, эмискэ баар буолбатаҕа, элбэх эрэйи туораан, сыранан-сылбанан баар буолла. Этиллибит тэрилтэлэр ханнык түгэҥҥэ, хаһан тахсыахтаахпыт чопчуланан, сөптөөх уураахтар тахсаннар, мин санаабар, үчүгэйдик үлэлии олоробут.
Кэлэктииби үбүлүөйдээх 80 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, бары үтүөнү баҕарабын.
Хаартыскалар: Ааптар уонна СӨ Экология министиэристибэтин пресс-сулууспатын түһэриилэрэ
Мария САННИКОВА.