Киир

Киир

Саха сиригэр Илин-Сибиир байҕалыгар баар Крестовскай арыыларыттан түҥ былыргы дьон олоҕо көһүннэ. Археологтар дьон тохтоон, олорон ааспыт сибикитин – умайбыт, үлтүрүйбүт уҥуох кырамталарын – буллулар. Ол туһунан 2023-2024 сс. археология дьылын түмүгүн таһаарар мунньахха кэпсээтилэр.

Крестовскай арыылар Илин-Сибиир байҕалыгар баар Эһэлээх арыылар бөлөхтөрүгэр киирсэллэр. Урут онно археологтар анаан үлэлээбиттэрэ диэн суоҕа. Ол гынан баран, 2023-2024 сс. Аллараа Халыма арыыларын дьэ чинчийбиттэр.

“Байҕал кытылыгар дьон олорон, тохтоон ааспыт үс сирин буллубут. Хомойуох иһин, дьиэ-уот турбут сирэ көстүбэтэ. Ол гынан баран, аараан, тохтоон (стоянка) ааспытын сирдэрин буллубут. Олор бары күөх кырдаллаах хомолорго бааллар, аттыгар тууһа суох үрүйэлэрдээхтэр”, – диэн археолог Виктор Дьяконов иһитиннэрдэ.

Кини кэпсээбитинэн, ол сирдэртэн араас хаптаһыннары, сүгэнэн суоруллубут бэрэбинэлэри булбуттар. Билиҥҥитэ хаһан суоруллубуттара, кэмэ-кэрдиитэ, чопчулана илик. Археолог этэринэн, ити эҥээр маһы сиир үөннэр суох буоланнар, мас сүүһүнэн сыл устата туох да буолбакка сытыан сөп.

“Бастаан дьон тохтообут сирэ дуу, суох дуу диэн саарбахтаабыппыт. Ол гынан баран, таас сэп-сэбиргэл көһүннэ: тириини таҥастыыр кыһыах”, – диир Дьяконов.

Археологтар Крестовскай атын арыыларыгар эмиэ үлэлээбиттэр. Ол курдук, үһүс арыыттан элбэх үлтүрүйбүт уонна умайбыт уҥуоҕу булбуттар. Ону таһынан, араас ньыманан оҥоһуллубут керамика үлтүркэйдэрэ көстүбүттэр.

“Ити арыы былыргы булчуттар атын арыыларга баран иһэн аараан, тохтоон-сынньанан ааһар сирдэрэ буолбут”, – диэн Виктор Дьяконов түмүктээтэ.

Бэй.кэр.
Хаартыска: СИА.  

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар