Киир

Киир

Бүгүн Саха тыйаатырыгар Савва Тарасов 90 сыллаах үбүлүөйдээх сылын түмүктүүр уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньаҕа буолла.

Саха  Өрөспүүблүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев этэринэн, Савва Тарасов ийэ тылын-өһүн сүмэтин илдьэ сылдьыбыт киһи буолар, тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэҕиттэн оннук эйгэҕэ иитиллибитэ. «Савва Иванович киһи быһыытынан сэмэй, хаһан даҕаны бэйэтин аатын ааттыы сылдьыбат, улахамсыйбат, улуутумсуйбат, чахчы саха интэлигиэнэ этэ. Кини аргыый аҕай бэрт холку тылынан-өһүнэн биһигини, эдэр дьону, сүбэ-ама биэрэн, ыксаабакка, наҕыллык сөптөөх суолга сирдиирин өйдүүбүт. Савва Тарасов саха тыллаах дьон баалларын тухары аата мэлдьи ааттана туруоҕа, биһиги кинини мэлдьи киэн тутта, өйдүү-саныы сылдьыахпыт. Горнай улууһун дьоно-сэргэтэ, чуолаан, ыччаттара, кини аатын киэн тутта сылдьыҥ уонна ыһыктыбаккаҕыт сыдьааннаргытыгар тириэрдиҥ», – диэн эттэ Алексей Ильич.

Горнай улууһун П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэтин кыраайы үөрэтэр салаатын бибилэтиэкэрэ Саргылана Михайловаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин махтала биллэрилиннэ.

Мунньахха норуот дьокутааттара Алена Атласова, Алквиад Тарасов, Саха Өрөспүүблүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев, саха норуодунай бэйиэтэ, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтилин солбуйааччы Наталья Харлампьева, «Горнай улууһа» муниципальнай оройуон баһылыга Никита Андреев уонна Савва Иванович кыыһа Күннэй Лоскутова кыттыыны ыллылар.

Савва Иванович Тарасов – саха норуодунай бэйиэтэ, Россия уонна Саха Өрөспүүблүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха хомсомуолун, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Россия Улахан литературнай бириэмийэлэрин лауреата, Е. Ярославскай аатынан СӨ суруналыыстарын уонна Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин «Алаш» литературнай бириэмийэлэрин лауреата, СӨ уонна Горнай улууһун бочуоттаах гражданина, СӨ духуобунаһын Академиятын академига.

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар