Киир

Киир

Дьокуускайга байыаннай сулууспаҕа хантараагынан барыан баҕалаахтары ылыы салҕанар.  Сүүмэрдиир пууҥҥа иһитиннэрбиттэринэн, сулууспаҕа билигин ордук суоппардар, наводчиктар уонна связистар ирдэнэллэр. Оттон баҕалаах олус элбэх эбит.

«Бүгүҥҥү туругунан, байыаннай тиэхиньикэ суоппардара, гусеничнай тиэхиньикэ мэхээньик-суоппардара, артиллерия уонна тааҥка наводчиктара, сибээс исписэлиистэрэ тиийбэттэр», – диэн Сүүмэрдиир пуун инструктора, сержант Станислав Пермяков чопчулаата.

Хантараагынан барааччыларга судаарыстыба өйөбүл араас көрүҥүн: сулууспа кэмигэр олорор дьиэнэн хааччыйыыны, чэпчэтиилээх ипэтиэкэни, оҕону босхо үөрэххэ киллэриини, эбии төлөбүрдэри, биир сыл иһигэр 4 мөл. солк. тиийэ хамнаһы мэктиэлиир.  

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар