"Саха сүөһүтэ" тэрилтэ Оҥхой нэһилиэгэр 70 төбө саха сүөһүтэ турар хотонун тутан үлэҕэ киллэрдэ. Тэрилтэ билигин 1275 ынах сүөһүлээх, ол иһигэр 460 ыанар ынахтаах.
Хотон аһыллыытыгар улуус баһылыга Валерий Николаев, "Саха сүөһүтэ" тэрилтэ дириэктэрэ Александр Артемьев, солбуйааччыта Василий Лукин, сүрүн зоотехник Андрей Турантаев, Оҥхойдооҕу филиал салайааччыта Пантелеймон Дмитриев уонна нэһилиэк баһылыктара, олохтоохтор кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх түгэнинэн Валерий Валерьевич Оҥхойдооҕу филиал салайааччытыгар "Синтай" тыраахтарга сэртипикээт туттарда. Кини саха сүөһүтүн элбэтиигэ, сайыннарыыга күүскэ үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдэ.
Степан Дмитриев,
Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга.