Ил Дархан Айсен Николаев тустаах биэдэмистибэлэргэ саҥа үөрэх дьылыттан оскуолаларга мэдиссиинэ үлэһиттэрин сыһыаран үлэлэтэргэ, урукку курдук төннөрөргө, соруйда. Ити туһунан кини Анал туһаайыытыгар эппитэ.
“Оскуола мэдиссиинэтин сайыннарар кэммит кэллэ – СӨ Доруобуйа харыстабылыгар уонна Үөрэххэ министиэристибэлэригэр “саҥа үөрэх дьылыттан окуолаларга медиктэри төннөрүҥ” диэн соруйабын”, – диэтэ Ил Дархан.
Айсен Николаев эппитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын тиһигэр мэдиссиинэ тус сыаллаах, чопчу суолунан салгыы сайдыахтаах. Ол иһигэр үүнэр көлүөнэ доруобуйатын анаан көрүөхтээх.
“2024 с. ахсынньытын саҥатыгар Дьокуускайга интерактивнай платформа базатыгар олоҕуран, бииригэр диэри саастаах оҕолоох ыаллары уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору арыаллыыр “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтэ” бырайыак үлэлээбитэ. 2025 сылтан ити бырайыак бары улуустарга үлэлиэхтээх. Оҕо поликлиникаларын тыа сиригэр уонна уустук суоллаах-иистээх нэһилиэктэргэ сылдьалларын курдук, көһө сылдьар мэдиссиинэ оборудованиеларынан, тырааныспарынан хааччыйыахпыт”, – диэн Айсен Николаев быһаарбыта.
Ааспыт сыл бүтүүтэ иһитиннэрбиттэринэн, Саха сиригэр “Мэдиссиинэ көмөлөһөөччүтэ” сиэрбис көмөтүнэн 278 оҕо мэдиссиинэ көмөтүн туһаммыт.