Киир

Киир

Суут бириистэптэрин управлениетын Саха сиринээҕи салаата “кыраныысса таһыгар айанныах иннинэ иэһи-күүһү төлөөҥ” диэн сүбэлиир. Бүгүҥҥү туругунан, 50 тыһыынчаттан тахса Саха сирин олохтооҕо кыраныысса таһыгар тахсар кыаҕа суох олорор. Кинилэр барыта 7 млрд солкуобайтан тахса иэстээхтэр.

Санаттахха, 30 эбэтэр сорох түгэҥҥэ 10 тыһыынча солкуобайтан (“Толоруулаах производство туһунан” 229-с №-дээх ФС 67 ыст.) элбэх иэстээх буоллаххына, судаарыстыба таһыгар тахсарыҥ бобуллар.

Иэһи төлүүргэ быһаарыы ылыныллыбытын-суоҕун уонна баар буоллаҕына, иэһи “Банк данных исполнительных производств” диэн сигинэн киирэн төлүөххэ эбэтэр “Госуслуги” порталга “Узнать об ограничениях на выезд из России” диэн салааҕа билиэххэ сөп. 8-800-303-0000 нүөмэргэ эрийдэххэ, эмиэ быһаараллар.

Даҕатан эттэххэ, иэһи төлөөбүт да кэннэ тута кыраныысса таһыгар тахсар кыалла охсубат. Төлөммүт иэс суут бириистэптэрин депозиттаах счетугар 3 – 5 үлэ күнүнэн киирэр. Ол кэннэ аны иэһи тутуохтаах тэрилтэҕэ барар. Ол эрэ кэнниттэн иэс сотуллубутунан ааҕыллар.

Онон, үүнэр сылга омук сиригэр барыан баҕалаах дьон иэскитин-күүскүтүн эрдэттэн төлөөҥ диэн сүбэлииллэр.  

Бэй.кэр.
Хаартыска: nashaplaneta.net

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар