АХШ былаастара “Газпром ньиэп” уонна “Сургутнефтегаз” хампаанньалар утары сааҥсыйалары биллэрдилэр.
Сааҥсыйа испииһэгэр 30-тан тахса ньиэп хампаанньата киирбит. Ол иһигэр 183 ньиэби тиэйэр-таһар танкер, уонунан трейдер уонна чунуобунньук киирбиттэр.
Итини таһынан, дьоппуоннар 3 бааны, 29 юридическай сирэйи уонна 11 киһини утары сааҥсыйаны биллэрбиттэр. Ол иһигэр АЛРОСА хампаанньа генеральнай дириэктэрэ, биһиги биир дойдулаахпыт Павел Маринычев утары.
Бэй.кэр.
Хаартыска: mk.ru