Биир сэттиэлэ иһигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үтүмэн киһи түөкүттэр угаайыларыгар киирэн харчытын уордарда. Ол туһунан СӨ ИДьМ иһитиннэрэр.
Дьокуускайга 67 саастаах биэнсийэлээх дьахтар, « ФСБ үлэһитигэр» итэҕэйэн 1 425 000 солкуобайы ыыппыт. Эмиэ бу кэмҥэ 56 саастаах тэрилтэ салайааччытыттан, Энергосбыт үлэһитэ буолан кубулунан, 450 000 солкуобайын ылбыттар.
Намҥа 68 саастаах дьахтар, суотабай сибээс сымыйа эпэрээтэрин истэн, "сим-каартатын болдьоҕун уһатаары" 185 000 солк. сүтэрбит. Бибилэтиэкэ үлэһитигэр салайааччытын аатыттан эрийэн биэс чаас иһигэр 170 тыһ. солк. сойбоппуттар.
Өссө төгүл сэрэхтээх буолуҥ, төлөпүөнүнэн билбэт киһигитин кытта кэпсэтимэҥ, пароль көрдөөтөхтөрүнэ, код ыыттахтарына этимэҥ, харчы ыытымаҥ, саарбахтыыр буоллаххытына, билэр дьоҥҥутуттан ыйытыҥ, полицияҕа этиҥ.
Сонун төрдө: СӨ ИДьМ
Хаартыска: Мария Ленц