Киир

Киир

Дойду бырабыыталыстыбата страховой биэнсийэни эбии индексациялыыр бырааптаах. Эбии индексация олунньу 1 күнүттэн оҥоһуллуо. Ол иһигэр тохсунньутааҕы төлөбүргэ “перерасчет” оҥоруохтара. Ити туһунан РИА Новостига Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин салайааччыта Ярослав Нилов кэпсээбит.

Соторутааҕыта дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин экэниэмикэ боппуруостарыгар анаммыт мунньахха Арассыыйа барытын үрдүнэн тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ 9,5% индексацияланыахтааҕын туһунан эппитэ.

“Олунньу 1 күнүттэн биэнсийэни эбии үрдэтиэхтэрэ. Ол иһигэр тохсунньуга ситэ төлөммөтөх эмиэ кэлиэҕэ”, – диэн тойон Нилов этэр.

Санатар эбит буоллахха, 2025 сылтан үлэлиир да, үлэлээбэт да биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ 7,9%-нан эбиллибитэ. Олунньуттан ону 2,22%-ны эбии үрдэтиэхтэрэ.

2024 сыллаахха инфляция 9,52% эбиллибитин туһунан Росстат иһитиннэрэн турар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: pensiya.molodaja-semja

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар