Киир

Киир

Саха сиригэр оҥоһуллубут «Якт-Сокол» квадроцикл уонна «Тимир Ат» электромотоцикл РФ Оборонатын министиэристибэтигэр тургутууну ситиһиилээхтик аастылар.

Бэрэсидьиэн иитинэн Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, «Кыайыы диэки бииргэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа салайааччытын солбуйааччыта  Андрей Федотов иһитиннэрбитинэн, биэдэмистибэ тиэхиньикэни байыаннай чаастар тиэхиньикэлэрин штатыгар киллэрэргэ улахан интэриэстээх. Оччоҕуна тиэхиньикэни улахан баартыйанан оҥорор таһаарар буолуохтара. Пилота суох авиация эмиэ бу суолунан сайдар кэскиллээх.

WhatsApp Image 2025 02 19 at 17.42.42

Санатар буоллахха, былырыын атырдьах ыйыгар «Армия-2024» Норуоттар икки ардыларынааҕы байыаннай-тэхиньиичэскэй пуорумҥа Ил Дархан Айсен Николаев РФ Оборонаҕа министиэристибэтин билим-тиэхиньикэ өттүгэр үлэлэһэргэ сөбүлэһии түһэрсибитэ. Онно Саха сиригэр оҥоһуллар байыаннай тиэхиньикэҕэ улахан интэриэс үөскээбитэ.

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй