Киир

Киир

Сүүмэрдиир күрэс түмүгүнэн, ааспыт сылга 2 мөл. солкуобайдаах социальнай төлөбүрү 14 эдэр табаһыт ылбыт.

Анаабыр улууһуттан – 4, Кэбээйи уонна Эбээн-Бытантай улуустарыттан – 2 уонна Булун, Эдьигээн, Муома, Томпо, Усуйаана, Өлүөхүмэ улуустарыттан – 1. Ити курдук «Эдэр табаһыт» тосхолго өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 28 мөл. солк. ыыппыттар.

Манна дьиэ табатын иитиинэн биэс сылтан итэһэҕэ суох дьарыктанар 35-тэн эдэр саастаах табаһыттар хапсаллар. Төлөбүр биирдэ эрэ бэриллэр. Ону ылбыт табаһыт бу эйгэҕэ өссө биэс сыл үлэлиэхтээх. Төлөбүрү олорор дьиэни атыылаһарга эбэтэр тутарга туттуохха сөп. Ол кэннэ дьиэ эдэр табаһыт бас билиитигэр киирэр.

2021 сылга диэри тосхол Арктика зонатыгар эрэ үлэлээбит буоллаҕына, билигин Саха сирин бары улуустарыгар үлэлиир. Кээмэйэ икки төгүл үрдээн турар.  

Сонун төрдө: СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Ил Дарханын пресс-сулууспата

Санааҕын суруй