Киир

Киир

Бэҕэһээ, кулун тутар 23 күнүгэр, быһа холуйан 18.32 чааска Өлүөнэ очуостарыттан чугас, Өлүөхүмэ улууһун сиригэр сир хамсааһына буолбут.

Ол туһунан СИА-ҕа РАН «Биир кэлим геофизическэй сулууспатын» Саха сиринээҕи филиала иһитиннэрдэ.

«Бу улахана суох хамсааһыннар. Сиинэ өрүскэ кэмиттэн кэмигэр буолаллар. Ол курдук, бэҕэһээ сир аннынааҕы өрүтэ анньыалааһын дириҥэ  15 км. Хамсааһын күүһэ – 3 баал», — диэн манна быһаардылар.

Онон, чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторо сир ибигириирин билбиттэр. Дьиэлэр үрдүлэриттэн хаар түспүт.

Сонун төрдө: СИА
Хаартыска: https://www.inyakutia.ru

 

Санааҕын суруй