Сунтаар улууһун Кутанатыгар Зинаида, Александр Саввиновтарга “Павлин харах” лыах дьиэҕэ кыстаата. Бу дьикти көстүү туһунан Зинаида “Сунтаар сонуннара” хаһыат кэрэспэдьиэнигэр маннык кэпсээбит:
“Сэтинньигэ арай биир күн кэргэним эбиэттии олорон түннүккэ лыах сылдьарын көрөн эппитэ. Ол кэннэ үс күн дьиэ иһигэр көтө сылдьан баран сүтэн хаалбыта. Онтон син өр буолаат эмиэ көстөн кэлбитэ”.
Дьиктитэ диэн, Зинаида лыаҕы олус сөбүлүүрүн иһин ийэтэ лыах ойуулаах хартыыналары бэлэхтиир үгэстээх эбит. Дьиэлэрин иһигэр лыах көппүтүгэр, “Хартыыналаргыттан лыахтарыҥ көтөн таҕыстылар” диэн чугас киһитэ – кэргэнэ күлэн эппиттээх.
Хаартыска: “Сунтаар сонуннара” телеграм-ханаалтан.