Ыам ыйын 4 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, Дьааҥы улууһугар 9 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Бу Томтор сэлиэнньэтиттэн 10 – 19 км тэйиччи 2400 гектар иэннээх сиргэ буол турарын, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа куттал суоһаабатын СӨ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ суруйар.
Дьааҥы баһаарын «Авиалесоохрана» 37 үлэһитэ бохсор. Кинилэргэ «Якутлесресурс» байыастара көмөҕө тиийиэхтэрэ. Маны таһынан, Өймөкөөҥҥө 44 гектардаах сиргэ ойуур баһаара турбутун алта исписэлиис умуруорбута билиннэ.
Сонун төрдө: СӨ ЫБММ
Хаартыска: Якутия. Оперштаб