Киир

Киир

Бэс ыйыгар Сахабыт сиригэр икки улахан бырааһынньык бэлиэтэнэр. Бэс ыйын 12 күнүгэр ­– Арассыыйа күнэ, бэс ыйын 21 күнүгэр – Ыһыах. Онон, СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ хайдах өрүүрбүтүн быһаарда.

Ол курдук, 5 үлэ күннээх дьоҥҥо кулун тутар 8 күнүнээҕи субуотаҕа түбэспит өрөбүл  бэс ыйын 13 күнүгэр бээтинсэҕэ көһөн биэрэр. Ол эбэтэр, кинилэр Арассыыйа күнүттэн саҕалаан түөрт күн өрүүллэр. Өссө, бэс ыйын
21 күнэ субуотаҕа түбэһэринэн, бэс ыйын 23 күнүгэр бэнидиэнньиккэ өрүөхтэрэ.  Оттон алта үлэ күннээх дьоҥҥо өрөбүллэри көһөрүү көрүллүбэт. Онон, кинилэр бэс ыйын отдых 12 уонна 21 күннэригэр эрэ өрүөхтэрэ.

Бырааһынньык иннинээҕи бэс ыйын  11 уонна 20 күннэригэр үлэ күнэ биир чааһынан кылгас буолуохтаах. Кими эмэ сокуоннай өрөбүлүгэр үлэлэтэр буоллахтарына, хамнас икки бүк төлөнүөхтээх эбэтэр эбии өрөбүл көрүллүөхтээх. Онуоха, Ыһыах күнүнээҕи өрөбүл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр эрэ тэрилтэ үлэһиттэригэр көрүллэрин бэлиэтиибит.

Сонун төрдө: СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ

Санааҕын суруй