Тыатааҕы мэнээктээбитин туһунан элбэх иһитиннэрии, видео, хаартыска тарҕанар даҕаны, кыһалҕаны хайдах быһаарбыттара биллибэккэ хаалар. Холобура, соторутааҕыта Айхалга түүн икки оҕолоох дьахтар дьиэтигэр түннүгүнэн киирбит эһэни ыттар үүрбүт сурахтаахтар. Ийэ биир оҕотун кытта куотан тахсыбыт, дьиэҕэ хаалбыт оҕо хайдах тыыннаах ордубута биллибэт.
Маннык түгэҥҥэ дьон олорор дьиэтигэр киирбит адьырҕаны миэстэтигэр ытан кэбиһиллиэхтээҕэ буолуо да, дьон сокуонтан куттанан хамсаммакка хаалбыт курдук. «Билигин бу сири кыраҕытык маныыбыт. Айхал олохтоохторун Таёжнай, Попугаева уулуссаларынан сылдьыбаккытыгар көрдөһөбүт» диэн «Алмазный край» таһаарыы суруйар. СӨ Экология министиэристибэтэ «урегулирование» миэрэтин ыллыбыт диэбит. Дьэ, хаһан бултанан дьон холкутук сылдьара буолла?
Өссө бэҕэһээ тыатааҕы Кэбээйи Сииттэтигэр мэнээктээбитин туһунан суруйдулар. Дэриэбинэттэн чугас сылдьар буолан, олохтоохтор тиэргэннэриттэн ырааппакка кэтэнэн-мананан олорор сурахтаахтар. Биир киһиэхэ түүн дьиэтигэр киирэн тахсыбыт. Онуоха, лиссиэнсийэтэ суох ытар көҥүллэммэт диэн, дьон ытыс соттон хаалаллар эбит. Дьиҥэр, сиэмэх кыыл дьиэҕэ, тиэргэҥҥэ киириитэ дьон олоҕор кутталы үөскэтэрэ саарбахтаммат эбээт.
Биһиги билэрбитинэн, Саха сиригэр тыатааҕы ахсаана, быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбээн, быһа холуйан 20 тыһыынчаҕа тиийэн турар. Бу нуорматтан хас да төгүл элбэх. Онон, дьоҥҥо кутталы үөскэтэр сиэмэх кыылы бултааһыҥҥа кэккэ уларыйыыны киллэрбиттэр. Судургутук быһаардахха, сиэмэх кыыл сүөһүнү тартаҕына эбэтэр нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаатаҕына, баһылык улуус булду хонтуруоллуур иниспиэксийэтигэр биллэрэн кутталы үөскэтэр кыылы бултааһыҥҥа лиссиэнсийэ ыларга кыһаллыахтаах. Урут бу докумуон үс эрэ күҥҥэ бэриллэр буоллаҕына, аны биир ыйга бэриллэр буолбут.
Оттон адьырҕа дьоҥҥо саба түстэҕинэ, көмүскэнии сиэринэн ытан өлөрөр көҥүллэнэр. Сүрүнэ, быһылаан тахсыбытын кэннэ туһааннаах уорганнарга биллэрэн, ирдэнэр докумуоннары толорон, сокуону кэһии тахсыбатаҕын бигэргэтиллиэхтээх. Ол эбэтэр, бу барыта баһылык уонна иниспиэксийэ сөптөөх хамсаныылары кэмигэр оҥороллоруттан тутулуктаах. Онон, тыатааҕы бас-баттах барыытын тохтотор усулуобуйа син үөскээбит эбит диэн өйдүүбүт.
Бэйэ кэр.