СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, от от ыйын 1 күнүттэн Саха сиригэр хомунаалынай өҥөлөргө тарыыптар үрдээтилэр. Төлөбүр ортотунан 13% үрдээтэ. Бу Арассыыйа 26 эрэгийиэнинээҕэр намыһах (холобур, Пермь кыраайыгар 21,1% тиийэр).
Тарыып үрдээһинэ маннык буолла:
Уот — 15,8%
ТКО — 9,4%
Айылҕа гааһа — 10,5%
Чох уонна мас — 7%
Убатыллыбыт гаас — 3,4%
Сылытыы — 13%
Итии уу — 13,6%
Тымныы уу — 13,2%
Кирдээх ууну тоҕуу — 13,1%
Уот — 15,8%
ТКО — 9,4%
Айылҕа гааһа — 10,5%
Чох уонна мас — 7%
Убатыллыбыт гаас — 3,4%
Сылытыы — 13%
Итии уу — 13,6%
Тымныы уу — 13,2%
Кирдээх ууну тоҕуу — 13,1%
Тыа сирин олохтоохторо куорат олохтоохторунааҕар аҕыйаҕы төлүүллэрин санатабыт. Кинилэр өҥө сыанатын чиэппэрин эрэ төлүүллэр, онтон атынын бүддьүөт субсидиялыыр. 2024 сыллаахха 10,5 тыһ. дьиэ кэргэн 279,2 мөл.солк. субсидияны, элбэх оҕолоохтор —52,8 мөл. солк. чэпчэтиини туһаммыттар.
Сонун төрдө: СӨ Сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтэ