РФ Бырабыыталыстыбата тохсунньу 1 күнүттэн уонтан тахса оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэлэргэ сыһыаннаах саҥа сокуон бырайыагын олоххо киллэриэ. Ол туһунан РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин иһитиннэрдэ.
Ол эбэтэр, дьоруой-ийэлэргэ маннык көмө оҥоһуллар буолуо: мэдиссиинэ өҥөтүн уочарата суох босхо ылыы, сылга биирдэ санаторийга босхо эмтэнии, хомунаалынай төлөбүрдэртэн босхолонуу, сири босхо ылыы уонна тутуу матырыйаалынан хааччыйыы, босхо айан, үөрэххэ уонна үлэҕэ киириигэ чэпчэтии.
Онуоха, «Дьоруой-Ийэ» ааты ылбыт ийэ социальнай чэпчэтиилэр оннугар 72 тыһ.солк. тахса кээмэйдээх харчынан көмөнү талыан сөп. Бу судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө оҥоһуллар. Өссө Дьоруой-Ийэ биэнсийэни кытта ый ахсын 36,5 тыһ. солк. эбии төлөбүрү ылыаҕа.
Бэйэ кэр.