Киир

Киир

Саха сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ 82 799,3 га иэннээх сиргэ 290 ойуур баһаара умуруорулунна.

Атырдьах ыйын 7 күнүн сарсыардатыгар 77 084 га иэннээх сиргэ 19 ойуур баһаара Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Бүлүү, Кэбээйи, Муома, Аллараа Халыма, Орто Халыма уонна Томпо улуустарыгар баара бэлиэтэнэр.

Баһаары бохсууга 298 киһи үлэлиир.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ааспыт сууккаҕа Бүлүү уонна Ленскэй улуустарыгар, барыта 4,5 га иэннээх сиргэ, 3 ойуур баһаара умуруорулунна.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан айылҕаҕа уот туруутугар 73 буруйдаах билиннэ уонна ойуурга уоттан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин 149 боротокуол сурулунна.

Санатар эбит буоллахха, Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар уонна Жатай уокуругар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты режимэ биллэриллибитэ. Онтон Дьааҥы улууһун сиригэр-уотугар ойуурга ЧС режимэ киллэриллибитэ.

Ойуурга баһаары көрдөххүтүнэ, 8-800-100-94-00 төлөпүөнүнэн биллэриҥ.