Киир

Киир

Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 159 890,8 гаа иэннээх сиргэ 310 ойуур баһаара умуруорулунна.



СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, ааспыт сууккаҕа Муома улууһугар 863 гаа иэннээх сиргэ 1 ойуур баһаара умуруорулунна.

Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Чурапчы, Эбээн-Бытантай улуустарыгар уонна Жатай уокуругар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты режимэ биллэриллэн турар.

Ойуурга баһаары көрдөххүтүнэ, 8-800-100-94-00 төлөпүөнүнэн биллэриҥ.