РФ Сэбиэтин Бэдэрээссийэтин испиикэрэ Валентина Матвиенко үлэлээбэт дьонтон булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын төлөтөргө этии киллэрдэ. Кини этэринэн, үлэлээбэт дьон балыыһаҕа син биир көрдөрүнэллэр, оттон ол ороскуотун эрэгийиэн бүддьүөтэ уйунар.
«Тэрилтэлэр үлэһиттэригэр булгуччулаах мэдиссиинэ страховкатын сылга ортотунан 45 тыһыынча солкуобайы төлүүллэр. Оттон Москубаҕа 700 тыһыынча үлэтэ суох киһи баар. Кинилэр, муҥ саатар икки ый үлэлээн 45 тыһ.солк. өлөрөн, страховка орто кээмэйин төлөөтүннэр ээ...
Бу биэнсийэлээхтэргэ, оҕолорго, инбэлииттэргэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо сыһыана суох. Оттон эдэр, доруобай, үлэлиир кыахтаах дьон үлэтэ суох сылдьабыт диэн, тоҕо төлөбүртэн куотунуохтаахтарый? - диэн Матвиенко этии киллэрдэ.
Сөптөөх этии дуо? Санааҕытын суруйуҥ.
Бэйэ кэр.


Сэҥээриилэр