Киир

Киир

Саха Сирин борокуратуурата тэлэгэрээм ханаалыгар иһитиннэрэринэн, бу сыл 9 ый түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 10 тыһ. 675 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит.

Буруйу оҥоруу 21 улууска намтаабыт, оттон  12 куорат уонна улуус сиригэр-уотугар элбээбит. Саамай элбэх сокуону кэһии Дьокуускай куоракка буолбут. Ол курдук, киин куораппытыгар 5 тыһ. 611 сокуону кэһии түбэлтэтэ тахсыбыт, бу уопсай ахсаан 52,6 % тэҥнэһэр.

Сахабыт сирин үрдүнэн 78 өлөрүү, 31 киһи доруобуйатыгар ыар охсуулаах эчэтии, ол түмүгэр сэрэҕэ суохтан киһи өлүүтүгэр тиэрдибит түбэлтэ буолбут.

Дьон бас билиитигэр суудайааһын биир саамай улахан көрдөрүүлээх – 4 тыһ. 345 түбэлтэ (40,7%). Ол курдук, уоруу - 1 688, халабыр - 62, ороспуойньуктааһын - 5, күһэйии - 31, түөкүннээһин - 2 тыһ. 221, хамсыыр баайы-дуолу күрэтии - 125.

Информационнай-телекоммуникационнай технологиялары уонна компьютерынан информацияны туһанан 4 тыһ. 307 буруйу оҥоруу тахсыбыт. Түөкүттэртэн эрэгийиэммит 1 тыһ. 279 олохтооҕо эмсэҕэлээбит. Кинилэргэ холбоон 627 мөл. солкуобайдаах хоромньу оҥоһуллубут.

Маны сэргэ, 596 экэнэмиичэскэй, 213 коррупционнай, 1697 наркотигынан сокуоннайа суохтук эргинии, ол иһигэр 1 тыһ. 582 ыар буруйу оҥоруу тахсыбыт.

Буруйу оҥоруу үксэ уопсастыбаннай сиргэ буолара бэлиэтэммит -- 15,3%-на, олор истэриттэн 1 тыһ. 118 түбэлтэ (68,5%) уулуссаларга буолбут.

Буруйу оҥорууну чинчийэн көрүү түмүгэр 1752 (32,6%) арыгы иһии түмүгэр тахсыбыт. Ааспыт сыл бу көрдөрүү 1910 эбит, ол эбэтэр быйыл 8,3% түспүт.

Ол курдук, арыгы иһэн баран ыар буруйу оҥоруу уопсай ахсаана 3,3% ( 92-тэн 89 диэри) түспүт. Орто эмсэҕэлээһини оҥоруу 16,4% (511-тэн 427 диэри) уонна кыра эмсэҕэлээһин 9,9% (1092-тэн 984 диэри). Ол эрээри ыарахан буруйу оҥоруу 17,2 % үрдээбит, 215-тэн 252 диэри.