Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэбит биэс олохтооҕо түөкүттэртэн эмсэҕэлээбиттэр. Кинилэр уордарбыт харчыларын уопсай суумата 39 мөлүйүөн 708 тыһыынча солкуобайтан тахса.

"Энергосбыт" үлэһитэбин дэммит түөкүн төлөпүөҥҥэ эрийиилэриттэн уонна иһитиннэриилэриттэн атыы-эргиэн бэрэстэбиитэлэ 12,6 мөл. солкуобайга албыннаппыт.

Сахабыт сирин үс олохтооҕо “инвестицияларга” байыахпыт дуу диэн 25,8 мөл.солкуобай хоромньуламмыттар, ол иһигэр биир урбаанньыт 20 мөл. солкуобай ороскуоттаммыт.

“Интэриниэт” ситиминэн табаары атыылаһар-атыылыыр көрүҥ быһыытынан эмиэ албыннаппыттар  (1 181 700 солкуобай).

Саха Өрөспүүбүлүкэтин борокуратуурата түөкүттэртэн сэрэхтээх буоларга, албастарыгар киирэн биэрбэккитигэр ыҥырар.

Сонун төрдө: Саха өрөспүүбүлүкэтин борокуратууратын тэлэгэрээм-ханаала