Алтынньы 22 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуумаҕа 2026-2028 сс. федеральнай бүддьүөт туһунан сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга ылыннылар.

Биэнсийэ орто кээмэйэ 2026 сыл бүтүүтэ 27 117 солкуобайга тэҥнэһиэ, олоруу алын кээмэйэ 1200 солкуобайынан  үрдээн 18 939 солкуобайга тэҥнэһиэ, хамнас алын кээмэйэ – 27093 солкуобай.

Бу көрдөрүүлэргэ олоҕуран босуобуйалар, социальнай төлөбүрдэр суумалара үрдүө. Ийэ хапытаалын, бэтэрээннэргэ уонна инбэлииттэргэ төлөбүрдэри инфляцияны учуоттаан 6,8 % индексациялыахтара. Үлэлээбэт уонна үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ чааһын 7,6 % үрдэтиэхтэрэ.

Инньэ гынан, ийэ хапытаала 2026 сылга бастакы оҕоҕо 737 тыһ. солк. тэҥнэһиэ, иккискэ (бастакы оҕоҕо харчытын ыла иликтэргэ) – 974 тыһ. солк.

Сонун төрдө уонна хаартыска: https://www.pnp.ru/economics/byudzhetnikam-materyam-i-pensioneram-dobavyat-deneg.html

Бүтэһик сонуннар