Сэтинньи ыйга оҕолоох дьиэ кэргэттэр социальнай төлөбүрдэри болдьох иннинэ ылыахтара. Бу туһунан Арассыыйа социальнай пуондатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Чирков эттэ.

“Бырааһынньыктар иннилэринэ дьиэ кэргэттэргэ үбүнэн өйөбүл ураты суолталаах. Онон сэтинньи ыйдааҕы төлөбүрдэри болдьох иннинэ төлүүргэ быһаарыы ылынныбыт. Оччотугар төрөппүттэр сынньалаҥ күннэргэ холкутук бэлэмнэниэхтэрэ”,  - -диэн пуонда тэлэгэрээм ханаалыгар суруллар.

Үгүс дьиэ кэргэн төлөбүрдэри сэтинньи 1 күнүгэр ылыа. Ол иһигэр:

17 саастарыгар диэри оҕолорго биир кэлим босуобуйа;

1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олорууга босуобуйа;

3 сааһыгар диэри маҥнайгы оҕону көрүүгэ босуобуйа.

Маня сэргэ төлөбүрдэри биир кэлим босуобуйаны оҥорторбут  хат дьахталлар, сулууспалыы сылдьар призывниктар дьиэ кэргэттэрэ тутуохтара.

Хаартыска уонна сонун төрдө: Якутия 24.

Бүтэһик сонуннар