Бүгүн Горнай улууһун Мытааҕар “Бары үчүгэй барыта Мытаахха” бырайыак саҕаланна.
Мытаахтааҕы түмэл-галерея дириэктэрэ Артур Егоров иһитиннэрбитинэн, бастакы эспэнээтинэн норуот маастара Андрей Лукич Малышев аан дойдуга саамай улахан тойон чороона буолла. Маныаха, норуот маастара бэйэтинэн эспэнээтин аҕалан туттарбыта ураты суолталаах.
“Оҥоһукпун Тойон Чороон диэн Мандар Уус Баайаҕаҕа илдьэ сырыттахпына ааттаабыта. "Бары үчүгэй барыта Мытаахха" бырайыак чэрчитинэн оҥоһуубун дьон сэргэ үөрэ-көтө көрдүннэр”, - диэн маастар эттэ.
Санатан эттэххэ, Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр, Дьиикимдэ бөһүөлэгэр саха норуотун ытык дьонугар, ини-бии Семен, Софрон Даниловтар түмэллэрин уонна ССРС норуодунай худуоһунньуга А.Н.Осипов хартыына галереятын түмэлэ үлэтинэн Саха сиригэр бастыҥынан биллэр.
Быйыл сайын олохтоох түмэл “Суол барыта Мытаахха тиэрдэр” диэн туризмы сайыннарар бырайыага бэрт сэргэхтик ааста. Онон “Бары үчүгэй барыта Мытаахха” бырайыак эмиэ бэртээхэй түмүктэрдээх буолуо дии саныыбын.
Галина МАТВЕЕВА
Хаартыска: Мытаахтан Артур Егоров


