Өрөспүүбүлүкэ борокуратуурата Бороҕоҥҥо кыһыл оҕолоох элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн гарааска олорорун туһунан иһитиннэриини бэрэбиэркэлээтэ. Маннык быһылаан биир төрүөтүнэн, сир учаастагар кэмпэнсээссийэ төлөбүрэ хойутаабытыттан тахсыбыт.
Быһаарыллыбытынан, быйыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр элбэх оҕолоох ыал ийэтэ сир учаастагын оннугар харчынан биир кэмнээх төлөбүр ыларын туһунан сайабылыанньатын боломуочуйалаах уорган ылыммыт, харчыны биэрэр туһунан быһаарыы таһаарбыт эрээри, төлөбүр төлөнө илигэ биллибит.
Борокуратуура дьыаланы туруорсан, дьиэ кэргэҥҥэ ыарахан балаһыанньаттан тахсарыгар көмө оҥоһуллубут. Олорор дьиэлэригэр өрөмүөн түмүктэммит, дьиэ кэргэҥҥэ 300 тыһ.солкуобайдаах төлөбүр өрөмүөн ороскуотун толуйууга төлөммүт.
Сонун төрдө уонна хаартыска: СӨ борокуратуурата

