Өбүгэлэрбит уол оҕону иитиигэ ураты болҕомтону уураллара, элбэх саҥата суох бэйэлэрин кытта үлэҕэ-хамнаска илдьэ сылдьан үлэнэн олоххо бэлэмнииллэрэ. Ол үтүө үгэһи утумнаан быйыл Хара уонна 1-кы Баатара нэһилиэктэригэр бэһис төгүлүн Бэдьимэ, Аллараа Бэстээх, Майа оскуолаларыттан баҕалаах уолаттары убаһа араарыытыгар илдьэ сырыттыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов тэлэгэрээм-ханаалыгар суруйар.
“Быйыл барыта 60-ча оҕо кыттыыны ылла. Уолаттар баҕалара улахана, үлэҕэ барытыгар түсүһэн, тутуһан-хабыһан иһэллэрэ үөрдэр, сыллата сылдьар уолаттар үөрүйэх хамсаныыларын көрөн астынныбыт. Ыччаттарбыт олоххо бэлэмнээх эр бэрдэ буолан хатарыллан тахсалларыгар маннык хайысхалаах тэрээһиннэр улахан суолталаахтар. Үлэ кэннэ хас биирдиилэрин саха омук сиэринэн сэмсэ кэһиилээн, илии тутуурдаан ыыттыбыт. Уолаттарбыт этэҥҥэ сылдьан, кэмэ кэллэҕинэ сылгы, сүөһү ииттэн дьоһун ыал Аҕа баһылыктара буоллуннар диэн алҕыыбын. Бу бырайыагы өйүүр, сыллата күүс-көмө буолар Аркадий Лукиҥҥа, баһылыктарга Петр Андросовка, Алексей Неустроевка барҕа махталбын тиэрдэбин. Төрүт үгэспитигэр олоҕуран ыччаттарбытын иитиини салгыы да ыыта туруохпут”, – диэн улуус баһылыга суруйда.
Сонун төрдө уонна хаартыска: Дмитрий Тихонов тэлэгэрээм ханаала.

