Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ түөкүттэр дьайыыларыттан Сахабыт сирин 11  олохтооҕо эмсэҕэлээбит. Уопсай уоруллубут харчы суумата  11 мөл. 617 тыһ. 375 солкуобайга тэҥнэспит. 

Бу сырыыга устудьуон, кассир, испэсэлиис, биэнсийэлээх, урбаанньыт уонна буҕаалтыр албыннаппыттар. Кинилэртэн түөкүттэр  харчыгытын "инвестициялаан", элбэх үбү толуйуоххут диэн угаайылаах 8,9 мөл. солкуобайдарын суурайбыттар. 

Оттон үбү хонтуруоллуур уорган, баан, Роскомнадзор, байыаннай комиссариат үлэһиттэрэбит диэн албыннаан устудьуонтан, суруналыыстан, биригэдьииртэн, диспетчертан уонна барментан түөкүттэр 2,7 мөл. солкуобайы уорбуттар.

Күндү Сахабыт сирин олохтоохторо, болҕомтолоох буолун, түөкүттэр угаайыларыттан сэрэхтээх сылдьын. 

Сонун төрдө уонна хаартыска: Саха өрөспүүбүлүкэтин борокуратууратын тэлэгэрээм ханаала.