Бүгүн тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, Чурапчы көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, Бүтэйдээх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Домна Семеновна Саввина үбүлүөйдээх 90 сааһын туолла.
Улуус баһылыга Дмитрий Тихонов ытык кырдьаҕаһы Мэҥэ Хаҥалас улууһун үтүө үлэһит дьонун-сэргэтин, салалтатын уонна тус бэйэтин ааппыттан истиҥник эҕэрдэлээтэ.
"Домна Семеновна 1935 сыллаахха Чурапчы улууһун Чакыр нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Кыра сааһыттан тулаайах хаалан колхуос, сопхуос араас үлэтигэр барытыгар улахан дьону кытта тэҥҥэ, толлубакка үлэлээн Кыайыыны уһансыбыт үтүө киһибитинэн буолар. Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэн, алын кылаас учууталын идэтин баһылаабыта.
1969 сыллаахха Саха судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтин история уонна филология факультетын бүтэрэр. Домна Семеновна икки оҕо күн-күбэй ийэтэ, билигин 4 сиэн, 5 хос сиэн тапталлаах эбэтэ. Дойдубут атаҕар туруутугар, кэскилин туһугар, үөрэх-билии эйгэтэ сайдыытыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан киллэрбит кылаатыҥ иһин махтанабыт.
Ытыктабыллаах Домна Семеновна!
Тус бэйэҕэр уонна чугас дьоҥҥор чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну, эйэлээх халлааны, бары үтүөнү баҕарабыт! Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ, аймах-билэ чугас дьонуҥ тапталларынан, махталларынан арыаллатан өссө да уһун үйэлэн!", - диэн улуус баһылыга суруйар.

