Амма нэһилиэгин «Саһарҕа» түөлбэ оҕолоругар бу өрөбүл күннэргэ аптаах түгэн үүннэ. Дьиэлэригэр Тымныы Моруос оҕонньор сиэнинээн Хаарчааналыын ыалдьыттаатылар.
Оҕолор күндү ыалдьыт буолбут Моруос оҕонньорго Саҥа дьыл туһунан хоһооннорун, ырыаларын ыллаан иһитиннэрдилэр, хороводтаан эргийдилэр. Тымныы оҕонньор оҕолорго кэлэр сылга баҕа санаатын эттэ уонна хас биирдиилэригэр бэлэхтэрин туттартаата.
Бу күн түөлбэ 43 оҕото саҥа дьыллааҕы бэлэх тутан Саҥа дьыл тыынын биллэ. Бэлиэтээн эттэххэ маннык аптаах түгэни оҕолорго түөлбэ көхтөөх олохтоохторо сыллата бэлэхтииллэр. Быйыл Тымныы Моруос оруолун түөлбэ олохтооҕо Игорь Петров, Хаарчаана оруолун түөлбэ салайааччыта Людмила Данилова толорон, оҕолорго Саҥа дьыл алыптаах тыынын биллэрэн алыптаах күнү бэлэхтээтилэр.
Сонун төрдө уонна хаартыска: "Амма олоҕо", Тамара СМЕТАНИНА.

