2026 с. Саха сиригэр дойду бэрэсидьиэнин “ыам ыйынааҕы ыйааҕар” хапсыбат бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһа үрдүөҕэ. Ол туһунан Ил Дархан иһитиннэрдэ.
“Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата “ыам ыйынааҕы ыйаахха” киирбэтэх бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэрин хамнаһын былаан быһыытынан үрдэтиэн наада. Уустук экэнэмиичэскэй, ороскуоту сарбыйар кэмҥэ үлэлиэхтээхпитин бигэтик өйдүөхтээхпит. Ол гынан баран, социальнай эбэһээтэлистибэ – булгуччу тутуһуллуохтаах. 2026 с. бүддьүөт эйгэтин 117 тыһыынча үлэһитин хамнаһын пуондата 34,3 млрд солк. эбиллиэҕэ. Хайдахдаах да уустуктар үөскээбиттэрин иһин, бырабыыталыстыба ол харчыны толору уонна кэмигэр хааччыйыахтаах”, – диэн Айсен Николеав мас-таас курдук эттэ.
Ил Дархан санаппытынан, эһиил тохсунньу 1 күнүттэн Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ өссө 20,7%-нан улаатыаҕа.
“Ити аҥаардас сокуон эрэ идэбилэ буолбатах. Ити – Саха сирин олохтоохторун олоҕун таһымын тупсарар өссө биир дьоһун хардыы. Хамнас ас-таҥас сыаната ыарыы турар кэмигэр булгуччу үрдүөхтээх”, – диир Ил Дархан.
Бэй.кэр.
Хаартыска: pnp.ru

