Киир

Киир

Быйыл сайын от ыйын 4–5 күннэригэр Олоҥхо ыһыаҕа Кэбээйи улууһугар ыытыллыахтаах. Добун ыһыахха бэлэмнэнии хайдах саҕаланан эрэрин Ил Дархан Айсен Николаев миэстэтигэр тиийэн билистэ.

“Кэбээйигэ буолар Олоҥхо ыһыаҕа Олоҥхо үһүс уон сылын арыйар тэрээһин буолан, ураты болҕомто ууруллар. Сүрүн боппуруостар быһаарыллыбыттара, үлэ бара турар. Түгэни туһанан, улуус баһылыга Иван Иванович Левиҥҥэ махтанабын. Биллэн турар, кылгас кэм иһигэр сүбэлэһэн баран быһаарыллыахтаах кэккэ боппуруостар эмиэ бааллар”, – диэн Айсен Николаев Кэбээйигэ тиийэ сылдьан эттэ.

Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр сүрүн тэрээһин (ол иһигэр куонкурустар, успуорт күрэстэрэ) ыытыллар 16 эбийиэгэ тутуллуохтаах. Бэдэрээттээх тэрилтэ тутуу матырыйаалын атыылаһан, маһын кэрдэн, Моҕол Ураһа “киэргэлин-симэҕин” оҥорон эрэр.

Ыһыах тутула уонна ис хоһооно сөбүлэһиини ааһан баран бигэргэнэр. Онно Олоҥхо уонна Гуманитарнай чинчийии институттара быһаччы кытталлар. Ол чэрчитинэн, кулун тутар 11–12 күннэригэр улахан билим кэмпириэнсийэтэ тэриллиэхтээх. Атыы-тутуу (ол иһигэр чопчу туох атыыланыахтааҕа), аһылык, ыалдьыттары түһэрии боппуруостара эмиэ өтөр көрүллүөхтээхтэр.

Ыһыах арыллыытыгар быһа холоон 1,5 тыһыынча киһи кыттыа дииллэр. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бары тыйаатырдарын сэргэ ыаллыы сытар улуустар култуураларын үлэһиттэрэ тиийиэхтэрэ.

Хаартыска: 14.ру

Кыым.Ру

Бүтэһик сонуннар