Киир

Киир

2025 сыллаахха Саха сиригэр барыта 587 туонна үрүҥ көмүс хостоммут. Ол былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 90%-нан элбэх. Саха сиригэр көмүһү сүрүннээн “Прогноз”, “Прогноз серебро” уонна “ГеоПроМайнинг Верхне Менкече” диэн хампаанньалар хостууллар.

“Үрөспүүбүлүкэ саҥа рекорду олохтоото. Саха сирин устуоруйатыгар аан бастакытын сылга 500 туоннаттан элбэх үрүҥ көмүс хостонно. Быйыл ити көрдөрүүнү түһэрбэт соруктаах үлэлиэхтээхпит”, – диэн СҮ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко этэр.

Санаттахха, Саха сиригэр үрүҥ көмүһү Үөһээ Дьааҥы, Томпо уонна Кэбээйи улуустарыгар хостууллар.

Хаартыска - Yakutia24.ru

Кыым.Ру

Бүтэһик сонуннар